Главная » 2015 Декабрь 15 » Сценарий ко Дню Защиты детей - 1 июня в библиотеке 2016
17:23 Сценарий ко Дню Защиты детей - 1 июня в библиотеке 2016 | |
Уунэр утуо норуот Укэр куох уктэллэннэ Кундээрэр куох халлаан Кунун уота ча5ылыйда, Орто туруу бараан дойду Унаар туптэтэ куодьуйдэ Кун сирин дьоно Куох от дэйбиирдэннэ Парадка ынырабыт 1кыл уорэнээччилэрин кылаас салайааччыта АЛП, 2 кылаас – ГАС, 3 кылаас – ССЕ, 4 кылаас – ВАГ. Э5эрдэ тылы биэрэбин Н.О.Кырбаьаанкын аатынан Оймокоон орто оскуолатын дириэктэригэр ПЕГ. Сир ийэ барахсан куох солконон симэнэн, самаан сайын – кэрэ кэм кэлбитинэн барыгытын итиитик истиҥник эҕэрдэлиирбитин конуллээҥ! Оҕолорбут кыһыҥҥы уһун сыралҕаннаах үлэлэрэ түмүктэннэ, сайыҥҥы сынньалаҥнара саҕаланна. Онон ... Уорэх дьылын тумуктуур Үөрүү- көтүү түһүлгэтин Саламанан киэргэтэн Алаадьынан айах тутан Саҕалыаҕыҥ доҕоттоор! Кынтаҕаркаан бэйэлээх, Кылбаа манан дьуһүннээх, Кырааскалаах атахтаах, Кырыымпалыы куоластаах Кыталыгым барахсан, Кырыйа көтөн кэлэн, Кырдалыгым урдугэр, Кыҥкыначчы ыллаата диэн Хомоҕой үтүө хоһооҥҥо Хоһулларын истэрим. “Индигиир долгуннарын” бөлөх толоруутугар Кыталык уҥкуутэ. Алгыстааьын Андрей Петрович. Алгыс ункуутэ Айыҥат хаан аймаҕа Аан ийэ дайдыны Айар кунугэр Икки атахтааҕы ийэ сиргэ кэскиллиир кунугэр ураанхай дьону орто дойдуга олохтуур күнүгэр Хохуоралаах тыллаах, Хоҥкунас тыастаах Холобура суох хоһоонноох Хомус барахсаны Хомуһуннаан айбыта үһү. Көрсүн Айылгы бөлөҕүн толоруутугар _______________ Биьиэхэ ыалдьыттыы кэллэ олонхо дойдутун кэрэ куота Туйаарыма Куо. Сыанаҕа ыҥырабыт биьиги ыьыахпыт мааныылаах ыалдьытын Туйаарыма Куону.Оҕолоор, Туйаарыма Куо тугунан саамай сураҕырарый? Кини сураҕырар тоҕус былас уьун суьуоҕунан. Дьэ эрэ билигин биьиги Туйаарымы куобут хас былас уьун суьуохтааҕын бары ааҕыаххайын эрэ. Остуоруйа дойдутуттан биьиэхэ ыалдьыт кэллэ. Кимин таайын эрэ? Эьиэхэ кини оонньуулары ыытыа5а. Саха таҥаһа олус сиэдэрэй. Оһуор – бичик ойуута киһи эрэ хараҕын халтарытар дьикти кэрэ сэһэннээх буолан, ситэн тупсан, симэхтэнэн сириэдийэр. Мааны талба таҥаһы таҥныбыт сахам нарын кыыһа наскылдьыйа хаамтаҕына, харахтаах эрэ хайгыыр, сурэхтээх эрэ сөҕөр, дьикти эйгэҕэ куустарар... Дьэ, билигин дохсун ытыс тыаьынан сыанаҕа корсуоҕуҥ бэйэбит уран тарбахтаах ийэлэрбит, эбээлэрбит ыпсаран- хоторон тикпит танастарын, кэтэн кэлбит тупсаҕай оҥоһуктардаах, кырасыабай симэхтэрдээх сахалыы таҥастаах оҕолорбутун. Сахалыы таҥастаах оҕолор тахсаллар. Дьэ, бу буолар, биһиги омукпут өркөн өйө, бөлөһүөктүүр дьикти дьоҕура, уран тарбах ураты үлэтэ. Эьигини эҕэрдэлиир Айаал Прокопьев __” Дьоьогой,” __________________________ Алексеева Лолита толоруутугар _______________________________________ Оттон билигин Самаан сайын кэлбиччэ Саха омук оонньуутун Уйгу ыһыах ырыатын Оьуокайын туойуоҕуҥ Өбугэлиир дьоннорбут Угэстэрин салҕааммыт, Дьоллоох оҕо сааспытын Хоһуйуоҕуҥ оһуокайга Саҕалыыбыт оьуокай этиитин. Чэ эрэ,кэлиҥ оҕолоор, Илиилэртэн сиэттиьэн Эһиэкэйдээн биэриэҕиҥ Окумалтан ылсыһан Оһуокайдаан оонньуоҕуҥ!
| |
|
Всего комментариев: 0 | |